4.5
Рейтинг
37 ч 18 мин
Длительность
Отложить
Прослушано
Поделиться
Саха народнай поэта, дэгиттэр талааннаах прозаик, драматург Иван Михайлович Гоголев-Кындыл «Хара кыталык» романа норуот бүттүүн дьылҕатын көрдөрөр. Норуот талааннаах, дьоҕурдаах дьоно ыар олоххо, сөптөөх суолу тобулар кыахтара суох буолан, дьылҕалара төттөрү эргитэн, олохторугар-дьаһахтарыгар эрэйгэ тэбиллэн, дьон-сэргэ ортотугар «хара кыталык» буолаллар. Роман норуот муудараһын, айымньытын кытары ыкса сибээстээҕэ ааҕааччыны/истээччини ордук тардар, абылыыр. Романы ааҕар — Николай Гоголев, СӨ култууратын туйгуна, Ю.Е. Платонов аатынан СӨ Судаарыстыбаннай эстрада театрын кэпсэтии жанрын артыыһа.