Юкагир норуотун уһулуччулаах суруйааччыта Семен Николаевич Курилов «Ханидуо уонна Халерха» (быһа тардыы) романа — юкагир норуотун олоҕун, историятын, фольклорун, этнографиятын туһунан үйэтитиллибит биир бастыҥ, дьон киэҥ сэҥээриитин ылбыт бөдөҥ айымньы. Норуот олоҕун бары араҥата историческай кэмин уратытын толору тутан уус-ураннык сэһэргэнэр. Ромаҥҥа Охоноо Куриль, Паайпатка, Мэлгэйбээт, Саайыра, Тачаана курдук төһүү уобарастар айымньыны биир сүрүн идеяҕа түмэ туталлар. Романтан быһа тардыыны ааҕар — Николай Гоголев, СӨ култууратын туйгуна, Ю.Е. Платонов аатынан СӨ Судаарыстыбаннай эстрада театрын кэпсэтии жанрын артыыһа.